https://cdbaiagantay.ru

https://cdbaiagantay.ru

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ТАНДИНСКИЙ ЦЕНТР НАРОДНОГО ТВОРЧЕСТВА ИМЕНИ ВЛАДИМИРА ДЕНИСОВИЧА ЛОНГИНОВА" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "БАЯГАНТАЙСКИЙ НАСЛЕГ"

«Ырыаны таай» күрэх

Ыам ыйын 20 күнүгэр Байаҕантай нэһилиэгэр Ырыа күнүгэр аналлаах «Ырыаны таай» күрэх ыытылынна. Күрэххэ ырыаны сэргээн истэр, ырыаҕа умсугуйар, ырыаны олох аргыһа оҥостон ыллыы сылдьар нэһилиэк олохтоохторо кытыннылар. 5 түһүмэх түмүгүнэн Муҥур кыайыылааҕынан Анна Тарская, 2 миэстэ Руслан Находкин, 3 миэстэ Уйгулаана Матвеева буоллулар. Бу киэһэни ырыанан нэһилиэк кэрэ куоластаах ырыаһыттара киэргэттилэр.

Кыайыы күнэ!!!

Сир үрдүнэн үөрүүлээх күн!Ким да умнуллубат,Туох да умнуллубат!Улуу Кыайыы 77 сылынан.Ис сүрэхтэн тахсар Итии истиҥ эҕэрдэ!Ханна да буоларын курдук Улуу Кыайыы күнэ Байаҕантай нэһилиэгэр өрө көтөҕүллүүлээхтик ааста. Төһө да күн-дьыл туруга ардаатар, хаардаатар даҕаны нэһилиэк олохтоохторо, ыччаттара Кыайыы парадыгар оҥостон кэлэн сэлэлии хаамтылар. Оскуола оҕолоро эбээлэрин,эһээлэрин,хос эбээлэрин, хос эһээлэрин мэтириэттэрин тутан үйэлэргэ өлбөт сүппэт полк… (читать далее)

Үлэ, эйэ, саас бырааһынньыгынан!!!

Үлэ, эйэ, саас бырааһынньыга урут уруккаттан үлэһит дьону түмэр, сомоҕолуур күнүнэн биллэр. Быйылгы ыам ыйын 1 күнэ ону эмиэ кэрэһэлээтэ. Ол курдук Байаҕантай нэһилиэгин тэрилтэлэрэ олохтоох дьаһалта уонна В.Д.Лонгинов аатынан норуот айымньытын киинин көҕүлээһининэн «Кэнчээри» оҕо уһуйаана, Танда орто оскуолата, олохтоох балыыһа, ДЬУОКХ коллективтара бииргэ түмсэн нэһилиэк киин уулусстын ыраастааһынтан саҕалаан тэрилтэлэр бэйэлэрин ветеран үлэһиттэригэр… (читать далее)

«Сыалы тап» күрэх

Бүгүн муус устар 21 күнүгэр улууспутугар буолаары турар 8 Саха сирин спортивнай оонньууларын чэрчилэринэн, Саха автономиятын 100 сылыгар уонна нэһилиэкпитигэр Аҕа, эр киһи сылыгар аналлаах «Сыалы тап» коммерческай күрэх буолла. Күрэхтэһии үөрүүлээх аһыллыытыгар Саха көрдөрөр иһитиннэрэр хампаанньа тэрийэн ыыппыт «НВК Кубогын» иһин күрэххэ кыттыбыт нэһилиэкпит хамаандатын кыттыылаахтарыгар нэһилиэк Баһылыга Савва Иванович Егоров махтал суруктары уонна… (читать далее)

Готовцева Анна Ивановна оҕолорун, сиэннэрин кэнсиэрэ.

Өрөспүүбүлүкэҕэ Ийэ сылын, өлгөм үүтү үрүйэлии сүүрдүбүт «Сардаҥа» сайылык үбүлүөйүн чэрчитинэн Анна Ивановна Готовцева оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин кэнсиэрин көрүҥ.

Истиҥ эҕэрдэ

Саха Республикатын культуратын туйгуна, Байаҕантай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Тандатааҕы култуура киинигэр өр кэмҥэ үтүө суобастаахтык директорынан үлэлээбит ветеран үлэһиппитин, Вера Михайловна Бурнашеваны 65 сааскын туолбут кэрэ-бэлиэ күҥҥүнэн ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит. play youtube, play youtube, Brazzer, xhamster, xvideos, hentai, porn, tiktok download, MP3 download, Download Mp3, , Panthers Georgia, sex mex, mp3play,

Бүгүн Байаҕантай нэһилиэгэр Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр анаан «Эр санаалаахтар, бэриниилээхтэр…» күөн-күрэс үрдүк таһымҥа буолан ааста.

Хаары үрдүк гына мунньуу:1 миэстэ Биир сомоҕо2 миэстэ ДЬУОКХ3 миэстэ Холбоһуктаах хамаанда4 миэстэ Оскуола Ойбон тэһии:1м. Биир сомоҕо2м. ДЬУОКХ3м. Оскуола4м. Холбоһуктаах хамаанда Куйуурдааһын1м Биир сомоҕо 30 балык2м ДЬУОКХ 18 балык3м Оскуола 17 балык4м Холбоһуктаах хамаанда Хомуур хапсаҕайа:1м Оскуола2м ДЬУОКХ3м Холбоһуктаах хамаанда4 м Биир сомоҕо Бытыылка быраҕыы1м Биир сомоҕо2м ДЬУОКХ3м Оскуола4м Холбоһуктаах хамаандаТоҥуу хаарынан сүүрүү:1м Оскуола2м… (читать далее)