МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ТАНДИНСКИЙ ЦЕНТР НАРОДНОГО ТВОРЧЕСТВА ИМЕНИ ВЛАДИМИРА ДЕНИСОВИЧА ЛОНГИНОВА" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "БАЯГАНТАЙСКИЙ НАСЛЕГ"

Үлэ, эйэ, саас бырааһынньыгынан!!!

Үлэ, эйэ, саас бырааһынньыга урут уруккаттан үлэһит дьону түмэр, сомоҕолуур күнүнэн биллэр. Быйылгы ыам ыйын 1 күнэ ону эмиэ кэрэһэлээтэ. Ол курдук Байаҕантай нэһилиэгин тэрилтэлэрэ олохтоох дьаһалта уонна В.Д.Лонгинов аатынан норуот айымньытын киинин көҕүлээһининэн «Кэнчээри» оҕо уһуйаана, Танда орто оскуолата, олохтоох балыыһа, ДЬУОКХ коллективтара бииргэ түмсэн нэһилиэк киин уулусстын ыраастааһынтан саҕалаан тэрилтэлэр бэйэлэрин ветеран үлэһиттэригэр баран мас үлэтигэр көмөлөһөн дьон махталын ыллылар.

Добавить комментарий