Ыам ыйын 20 күнүгэр Байаҕантай нэһилиэгэр Ырыа күнүгэр аналлаах «Ырыаны таай» күрэх ыытылынна. Күрэххэ ырыаны сэргээн истэр, ырыаҕа умсугуйар, ырыаны олох аргыһа оҥостон ыллыы сылдьар нэһилиэк олохтоохторо кытыннылар. 5 түһүмэх түмүгүнэн Муҥур кыайыылааҕынан Анна Тарская, 2 миэстэ Руслан Находкин, 3 миэстэ Уйгулаана Матвеева буоллулар. Бу киэһэни ырыанан нэһилиэк кэрэ куоластаах ырыаһыттара киэргэттилэр.