https://cdbaiagantay.ru

https://cdbaiagantay.ru

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ТАНДИНСКИЙ ЦЕНТР НАРОДНОГО ТВОРЧЕСТВА ИМЕНИ ВЛАДИМИРА ДЕНИСОВИЧА ЛОНГИНОВА" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "БАЯГАНТАЙСКИЙ НАСЛЕГ"

Записи в рубрике Uncategorized

Ыам ыйын 23 күнүгэр Сахабыт сиригэр аан маҥнайгытын ыытылынна «КҮН ҮҤКҮҮТЭ ОҺУОХАЙ»

✴️ Аан Дойдутааҕы музейдар уонна биир дойдулаахпыт Гражданскай Сэрии Геройа Г.В Егоров 145-сылыгар анаан 👩🏻‍🤝‍👨🏻👩🏻‍❤️‍👨🏻»Мин дьиэ кэргэним ытык мала» музейнай пикник кыттыылаахтарыгар В. И. Неустроеваҕа, М. И. Егороваҕа, Ф. К. Петроваҕа, М. П. Ноговицынаҕа, Н. М. Егороваҕа, У. М. Заболоцкаяҕа, Г. М. уонна М. М. Охлопковтарга, Т. П. Готовцеваҕа, Д. А. Аргуноваҕа, Айхал, Арылхан Аргуновтарга,… (читать далее)

Көтөр мээчик Тандаҕа

🏐🏐🏐🏐🏐🏐🏐🏐🏐🏐🏐Бүгүн ол эбэтэр ыам ыйын 16 күнүгэр М.Н.Сибиряков аатынан спортзалга Арассыыйаҕа дьиэ-кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр оҕо сылларын чэрчитинэн Байаҕантай нэһилиэгин түөлбэлэрин дьахталларын икки ардыгар сылын ахсын ыытыллар волейбол күрэҕэ буолла.Күрэххэ 4 миэстэни Сардаана түөлбэ ылла, 3 миэстэ Түмсүү түөлбэ, 2 миэстэ Эрчим түөлбэ, 1 миэстэни Алгыстаах Алаас ылары ситистэ. Кыайыылаах хамаандалар Байаҕантай нэһилиэгин дьаһалтата олохтообут мэтээллэрин… (читать далее)

Улуу Кыайыы күнүнэн

Бүгүн Түөрт Геройдаах Байаҕантай нэһилиэгэр Улуу Кыайыы 79 сылын парада үгүс киһини түмтэ, Россия үлэҕэ Геройа М.Н.Готовцев аатынан Танда орто оскуолатыттан саҕалаан түөлбэлэринэн парадтаан Кыайыы болуоссадыгар тиийдибит. Байаҕантай нэһилиэгин аҕа баһылыга Егоров С.И. , сэрии оголорун ааттыттан Неустроева В.И. , музей специалиһа оҕолорго эдэр келүөнэҕэ урукку кэми санаан ахтан, үөрүүлээх күнүнэн эҕэрдэ тыллары эттилэр, мүнүүтэ… (читать далее)

Чөл турук-олохпут аргыһа

Бүгүн о.э. ыам ыйын 7 күнүгэр биир дойдулаахпыт, спортка олоҕун анаабыт Николай Тарскай төрөөбүтэ 100 сааһыгар аналлаах сарсыардааҥы эти-хааны уһугуннарар бүтүн сахабыт сирин үрдүнэн ыытыллар спортивнай тэрээһиҥҥэ кытынныбыт.

Үҥкүү дьоро киэһэтэ

Сылын аайы үтүө үгэскэ кубулуйан түөрт көлүөнэни ситимнээн, үҥкүү алыптаах кэрэни кэрэхсиир киэһэтин, күндү көрөөччүлэрбитигэр, истиҥ истээччилэрбитигэр бэлэх ууннубут. Үҥкүүлэринэн киэргэттилэр, Кэнчээри оҕо уһуйаан иитиллээччилэрэ, Танда орто оскуолатын оҕолоро, Түһүлгэ үҥкүү коллектива, Хотууна аҕа саастаах үҥкүүһүттэрэ. Үҥкүүлэри туруордулар Саргылана Готовцева, Нарыйа Саввина, Ольга Готовцева.

Байаҕантай булчут

☀️☀️☀️☀️☀️☀️☀️☀️☀️*Унньуктаах уһун кыһыммыт түмүктэнэн, тымныы күннэрбит кыйданан сандал саас кэлбитин уруйдуу, айхаллыы Байаҕантай нэһилиэгэр муус устар 7 күнүгэр күнүс 11 чаастан «Махсыым» күөлүгэр *»Кыһыны атаарыы»* үөрүүлээх тэрээһинэ буолан аастаАрассыыйаҕа “Дьиэ-кэргэн”, Өрөспүүбүлүкэҕэ “Оҕо”, Уус-Алдан улууһугар “Аҕа” сылын чэрчитинэн Байаҕантай нэһилиэгин бултуур түөлбэлэр икки ардыларыгар проект автора Сивцев А.Н. “БАЙАҔАНТАЙ БУЛЧУТ” иккис сылын ыытылынна.Күрэх кыттааччылара алта түһүмэххэ… (читать далее)

«Чэйиҥ эрэ кыргыттар»

Кулун тутар 7 күнүгэр Байаҕантай нэһилиэгин тэрилтэлэрин кэрэ аҥардарын икки ардыларыгар аан дойдуга бэлиэтэнэр дьахтар күнүгэр аналлаах күрэх ыытылынна. Күрэххэ кыттыыны ыллылар: