https://cdbaiagantay.ru

https://cdbaiagantay.ru

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ТАНДИНСКИЙ ЦЕНТР НАРОДНОГО ТВОРЧЕСТВА ИМЕНИ ВЛАДИМИРА ДЕНИСОВИЧА ЛОНГИНОВА" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "БАЯГАНТАЙСКИЙ НАСЛЕГ"

Саха Республикатын суверинитетын күнэ.

Балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүн чэрчитинэн Байаҕантай нэһилиэгэр » Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн…» түмэр күн ыытылынна.
Нэһилиэк тэрилтэлэрэ, түөлбэлэрэ араас интэриэһинэй күрэхтэргэ кытыннылар, ол курдук:
«Сэлээппэ» күрэҕэр
1 миэстэ- оҕо уһуйаана, мпч, азс, атс, рэс холбоһуктаах хамаандалара
2 миэстэ — оскуола
3 миэстэ — балыыһа, дьуокх
түөлбэлэргэ » көмүс дьөрбө» күрэххэ
1 миэстэ — Алгыстаах алаас
2 миэстэ Сардаана
3 миэстэ Кустук

Ону тэҥэ биирдиилээн нэһилиэк олохтоохторугар саамай улахан оҕуруот аһа, элбэх хаһаас, дьикти быһыылаах оҕуруот аһа курдук күрэхтэр ыытылыннылар. Бары көрүҥҥэ көхтөөхтүк Васильева Л.Ф кытынна. Танда орто оскуолатын үлэһиттэрэ оҕуруот аһын арааһын аҕалан атыылаатылар. Оскуола оҕолоругар «Сэбирдэх ардаҕа» панно күрэҕэр Готовцева Лилиана 1 миэстэ, Окоемова Дуня 2 миэстэ, Готовцева Вера 3 миэстэ буоллулар.
Тэрээһини оскуола оҕолоро үҥкүүнэн, Күндүүнэ Егорова ырыатынан киэргэттилэр.
И.П.Готовцев аатынан музей үлэһиттэрэ Саха судаарыстыбаннаһын сырдатар дириҥ ис хоһоонноох быыстапкаларын музей сотруднига М.П.Черноградская сиһилии кэпсээтэ.
Бу үөрүүлээх күҥҥэ Тандатааҕы «Кэнчээри» оҕо уһуйаанын сэбиэдийиссэйэ Т.В.Сидорова бииргэ үлэлиир коллективын ветераннарын идэлээх күннэринэн эҕэрдэлээтэ уонна ветеран үлэһиттэргэ Педагог уонна наставник сылынан анал бэлиэлэри, бэлэхтэри туттарда.

Добавить комментарий