МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ТАНДИНСКИЙ ЦЕНТР НАРОДНОГО ТВОРЧЕСТВА ИМЕНИ ВЛАДИМИРА ДЕНИСОВИЧА ЛОНГИНОВА" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "БАЯГАНТАЙСКИЙ НАСЛЕГ"

Үлэ күөстүү оргуйар

С Э Ҥ Э Э Р И Ҥ !
Икки күн устата о.э ыам ыйын 24-25 күннэригэр Байаҕантай нэһилиэгин олохтоохторо тыа баһаарын утары минерализованнай полоса оҥоһуутугар күүскэ турунан, күргүөмнээхтик үлэлээн субуотунньуктаатылар. Үлэҕэ барыта 50-70 нэһилиэк олохтооҕо кытынна. Эр дьоннор маһы охторон эрбээтилэр, дьахталлар саһааннаан, мутуктары ыраастаан истилэр. Охсуллубут саһаан аны күһүн анал байыаннай эпирээссийэҕэ сылдьар биир дойдулаахтарбыт дьиэ кэргэттэригэр көмө быһыытынан барыаҕа.
Түгэнинэн туһанан бука бары кыттыыны ылбыт нэһилиэкпит олохтоохторугар махталбытын тиэрдэбит! Норуот күүһэ-көмүөл күүһэ! Түмсүүнэн барыны бары кыайыахпыт!
Кэлбит сайын үтүө эрэ өрүттэрдээх буоллун диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит!

Добавить комментарий