https://cdbaiagantay.ru

https://cdbaiagantay.ru

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ТАНДИНСКИЙ ЦЕНТР НАРОДНОГО ТВОРЧЕСТВА ИМЕНИ ВЛАДИМИРА ДЕНИСОВИЧА ЛОНГИНОВА" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "БАЯГАНТАЙСКИЙ НАСЛЕГ"

Танда Дьоруойдар дойдулара

Ахсынньы 9 күнүгэр — Россияҕа — ГЕРОЙДАР күннэригэр В.В. Никифоров — Күлүмнүүр аатынан “Тойон Мүрү” култуура дыбарыаһыгар 4 Геройдаах Байаҕантай нэһилиэгин В.Д. Лонгинов аатынан Тандатааҕы норуот айымньытын киинин «ДЬИЭРЭЙ» эр дьон народнай вокальнай коллектива «Народнай» ааты ылбыта 30 сылын бэлиэтиир “Култуура – сайдыыбыт чыпчаала, норуоппут үйэлээх үгэһэ” улуус народнай коллективтарын күннэрин чэрчитинэн улахан кэнсиэр урдук таһымҥа ааста.
Тэрээһиҥҥэ улууспут баһылыга Василий Иванович Аммосов, СӨ Ил Түмэн государственнай мунньаҕын депутата Геннадий Анатольевич Васильев, Байаҕантай нэһилиэгин баһылыга Савва Иванович Егоров, культура управлениетын начальнигын солбуйааччы Сайыына Михайловна Стручкова эҕэрдэлэрин тиэртилэр.
Кэнсиэр иннинэ «Дьиэрэй» народнай ансаамбыл айымньылаах айар үлэтин көрдөрөр быыстапка дьон сэҥээритин ылла.
Бииртэн биир кэрэ үчүгэй ньүөмэрдэртэн тобус толору заал ытыһын тыаһа ньиргийэн олордо. Кэнсиэри биир дойдулаахтарбыт Галина Матвеева, Иван Тордуянов, Анжелика Слепцова ылбаҕай ырыаларынан киэргэттилэр. Танда талба талааннаахтара “Кэрэли” вокальнай бөлөх (сал. Екатерина Готовцева), “Түһүлгэ” үҥкүү бөлөҕө (сал. Саргылаана Готовцева), солистар Мүрү Күөрэгэйэ Клавдия Мурукова, Семен Поисеев, Герасим Софронов, Владислав Матвеев, Уйгулаана Матвеева кэрэ куоластара, имигэс үҥкүүлэрэ чахчы да Танда талба талааннаахтар дойдулара буоларын бигэргэттэ.
Киирии билиэтинэн оонньоммут сүүйүүлээх оонньууга Тандатааҕы “Ситим” ветераннар түмсүүлэрэ, “Дьиэрэй” народнай коллектив, Тандатааҕы норуот айымньытын киинин үлэһиттэрэ бэйэ бородууксуйатынан бириистэри олохтоотулар. Ону тэҥэ сүрүн бириистэри: 2023 сыллаах төрүөх убаһаны “Танда” СХПК (сал. Варвара, Николай Хомподоевтар), Россия Геройа Алексей Неустроев 50 тыһ.солк. уу харчынан туруоран “Дьиэрэй” народнай коллектив үөрүүлээх тэрээһинин өйөөтүлэр. Сүрүн бирииһи убаһаны Чараҥ бөһүөлэгин олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ Григорий Дмитриевич бааттаах илиитинэн сүүйэн ылла. 50 тыһыынчаны уу харчынан Мүрү нэһилиэгин олохтооҕо Пудова Милена Михайловна талааннаах тарбаҕа тутан үөрүүтэ үксээтэ.
Күндү биир дойдулаахтарбытыгар, нэһилиэкпит бука бары олохтоохторугар, В.В.Күлүмнүүр аатынан “Тойон Мүрү” култуура дыбарыаһын коллективыгар, улуустааҕы кииннэммит библиотека тиһигэр, Уус-Алдан улууһун култууратын управлениетыгар, “Ситим” ветераннар түмсүүлэригэр, Варвара Коммунаровна, Николай Саввич Хомподоевтарга, Алексей Михайлович Неустроевка, тиэйэн илдьэ сылдьыбыт суоппардарбытыгар Сидоров Е.Е, Заболоцкий О.В, Черноградскай П.П., Софронов Нь.С. улахан тэрээһини тэрийэн ыытыыга күүс – көмө буолбуккутугар Тандатааҕы норуот айымньытын киинин аатыттан истиҥник махтанабыт!

Добавить комментарий