МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ТАНДИНСКИЙ ЦЕНТР НАРОДНОГО ТВОРЧЕСТВА ИМЕНИ ВЛАДИМИРА ДЕНИСОВИЧА ЛОНГИНОВА" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "БАЯГАНТАЙСКИЙ НАСЛЕГ"

«ДЬҮРҮҺҮЙ ХОМУҺУМ» хомус тардыытыгар маастар кылаас

Сэтинньи 19 күнүгэр Уус Алдан улууһун Түөрт Геройдаах Байаҕантай нэһилиэгэр Россияҕа үлэ Героя Михаил Николаевич Готовцев аатынан Танда орто оскуолатыгар күнүс 10:00 ч киэһэ 18:00ч дылы Арассыыйа үтүөлээх артыыһа, Аан дойду виртуоз-хомусчута Петр Петрович Оготоев төрөөбүтэ 65 сылын чэрчитинэн Бээрийэ, Тиит-Арыы Танда үрэх сүнньүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин оҕо образцовай кэллэктиибэ “Кэскил” хомуска уолаттар ансаамбыллара ыалдьыттаатылар. Салайааччылар Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕэриитин туйгуна, Учууталлар Учууталлара анал бэлиэ хаһаайына Михайлова Тамара Семеновна уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕэриитин туйгуна Атласова Евдокия Васильевна ыыттылар. Ыҥырыылаах ыалдьыттарбыт Иван Павлович Готовцев аатынан Тандатааҕы историко-архитектурнай музейы көрдүлэр. Сөҕөн махтанан бардылар. 14ч аактабай залга 89 киһи кыттыылаах тэрээһин буолла. Байаҕантай нэһилиэгин аҕа баһылыгын солбуйааччыта Готовцев Анатолий Васильевич, Танда орто оскуолатын дириэктэри солбуйааччы Готовцева Вероника Васильевна, Уус – Алдан улууһун Хомус түмсүү бэрэссэдээтэлэ Находкин Альберт Алексеевич эҕэрдэ тылларын анаатылар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин оҕо образцовай кэллэктиибэ “Кэскил” хомуска сахалыы ньымаларга, сахалыы төрүт дорҕооннору таһаарарга үөрэттилэр, уопуттарын атастастастылар. Ол кэннэ “Первые вместе” диэн квест-оонньуу ыытылынна. “Доҕордоһуу биэчэринэн” түмүктэннэ. Махталбытын биллэрэбит Танда орто оскуолатын коллективыгар, Р.В. Готовцев аатынан олохтоох библиотекаҕа, И.П.Готовцев аатынан Тандатааҕы историко-архитектурнай түмэл коллективыгар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин оҕо образцовай кэллэктиибин “Кэскил” хомуска уолаттар ансаамбылларыгар, Михайлова Т.С. , Атласова Е.В. махтанабыт өрүү алыптаах дьүрүскэн хомус тыаһын ааттата туруҥ.