МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ТАНДИНСКИЙ ЦЕНТР НАРОДНОГО ТВОРЧЕСТВА ИМЕНИ ВЛАДИМИРА ДЕНИСОВИЧА ЛОНГИНОВА" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "БАЯГАНТАЙСКИЙ НАСЛЕГ"

БАСТЫҤ ЭБЭЭ

Бүгүн 2-с Байаҕантай нэһилиэгэр Тиит-Арыыга Танда үрэҕин сүнньүгэр олорор эбээлэр икки ардыларыгар «Бастыҥ эбээ» конкурс үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Түүлээхтэн Моеда Галина Ивановна, Готовцева Туяра Васильевна, Тиит-Арыыттан Поротова Альбина Петровна, Саввина Евдокия Семеновна уонна Тандаттан Вензель Сардаана Анатольевна кыттаннар илин-кэлин түһүстүлэр. Конкурс алта түһүмэхтээх. Бэйэни билиһиннэрии, талаан көрдөрүүтэ, минньигэс ас, оҕуруону тиһии, өс хоһоонун ситэрии уонна ретро моданы көрдөрүү диэн. Бары кыттыбыт эбээлэр олус сатабыллаахтарын, талааннаахтарын, улахан дьиэ кэргэн далбар хотуннара буолалларын бэрт итэҕитиилээхтик көрдөрдүлэр, кэпсээтилэр. Бэрт хатыйсыылаах күрэх кэнниттэн элбэх баалы ылан Сардаана Анатольевна кыайан «Бастыҥ эбээ» үрдүк аатын ылыан ылла. Уонна бары кыттааччыларга анал ааттар туттарылыннылар.