МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ТАНДИНСКИЙ ЦЕНТР НАРОДНОГО ТВОРЧЕСТВА ИМЕНИ ВЛАДИМИРА ДЕНИСОВИЧА ЛОНГИНОВА" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "БАЯГАНТАЙСКИЙ НАСЛЕГ"

Записи в рубрике Uncategorized

«Эр киһи эрэлбит, уол оҕо кэскилбит»

Олунньу 23 күнүгэр Байаҕантай нэһилиэгин «Иэйии» дьахталларын түмсүүтэ, нэһилиэк күүстээх аҥардарыгар анаан сүүйтэриитэ суох сүүйүүлээх оонньуулаах эҕэрдэ киэһэни тэрийэн бэлэхтээтэ. Бу киэһэ оонньууттан киирбит харчыны дьахталлар түмсүүлэрэ уокка былдьаммыт «Кэнчээри» оҕо уһуйааммытыгар оҕолорго үҥкүү таҥаһын тигиигэ туһуланна. Биир дойдулаахпыт, меценатпыт Афанасий Иванович Заболоцкай сыаналаах бириистэринэн спонсордаабытыгар нэһилиэк дьахталларын түмсүүтүн аатыттан махталбытын тиэрдэбит. Хас биирдии көрөөччү… (читать далее)

«Сыалы тап»

🏆🏆🏆 Олунньу 23 күнүгэр Түөрт Геройдаах Байаҕантай нэһилиэгэр Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр, Россия Үлэҕэ Геройа М.Н.Готовцев 80 сааһыгар аналлаах «воздушканан» ытыыга холбоһуктаах тэрилтэлэр икки ардыларыгар күрэхтэһии Сибиряков М.Н. аатынан спортсаалаҕа үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Хамаандаҕа 3 эр киһи, 2 дьахтар кыттыыны ыллылар. Хамаандалар:1. Администрация, клуб, музей, библиотека2. Россия Үлэҕэ Героя М.Н. Готовцев аатынан Танда орто оскуолатын… (читать далее)

«Эйээр, дьиэрэй баяным»

Олунньу 19 күнүгэр Уус Алдан улууһун баянистарын түмсүүтэ «Эйээр, дьиэрэй баяным» диэн ааттаах олус истиҥ кэнсиэринэн Байаҕантай нэһилиэгэр ыалдьыттаата. Бу кэнсиэр улууспут баянистарын ааттарын үйэтитэр сыаллаах кинигэ тахсыытыгар туһуламмыт акция кэнсиэр буолар. Кэнсиэргэ кэлбит көрөөччүлэр саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри олус долгуйан, астынан ытыс тыаһынан хас биирдии кыттааччыны көрүстүлэр. Кэнсиэргэ улууспут бастыҥ баянистара Иннокентий Готовцев, Константин Иванов,… (читать далее)

«Сүрэхпит сылааһын Кэнчээригэ»

Бэҕэһээ о.э олунньу 16 күнүгэр Тандатааҕы В.Д.Лонгинов аатынан норуот айымньытын киинигэр, ааспыт 2025 сыл Түөрт Дьоруойдаах Байаҕантай нэһилиэгин бастыҥнарын чиэстээтибит. «Ытык кырдьаҕас» анал бэлиэ хаһаайына Лука Лукич Андросов «Кыайыы 80 сылын бастыҥ бырайыага» анал аат хаһаайына Иван Иван Колодезников «Дойдутугар бэриниилээх» анал аат хаһаайына Алексей Михайлович Неустроев «Бастыҥ муҥхаһыт» анал аат хаһаайына Аммосов Василий Васильевич… (читать далее)

«Ырыа- Мин дьылҕам»

Олунньу1️⃣4️⃣ күнүгэр Бэрт- Ууһун нэһилиэгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, Бэрт- Ууһун нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо ИВАНОВ АЛЕКСАНДР ПЕТРОВИЧ сырдык аатын үйэтитиигэ 2- с төгүлүн ыытыллар «ЫРЫА — МИН ДЬЫЛҔАМ» улуустааҕы ырыа куонкурса бэрт сэргэхтик буолан ааста. Маҥнай куонкурус үөрүүлээх аһыллыыта буолла. Быыс аһыллыыта дьон сүргэтин көтөҕөр дохсун ытыс тыаһа дуорайда. Бастатан туран Бэрт- Ууһун нэһилиэгин баһылыга… (читать далее)

КҮН ЭЙГЭ

Култуура үлэһиттэрин ааспыт 2025 сылы түмүктүүр, Өрөспүүбүлүкэҕэ «Култуура» сылын арыйар үөрүүлээх тэрээһиннэрэ ыытылынна.Тэрээһиҥҥэ улуус баһылыга Василий Алексеев кыттыыны ылан, айымньылаах үлэлэригэр ситиһиилэри баҕаран туран, Россияҕа «Сомоҕолоһуу», Өрөспүүбүлүкэҕэ «Култуура», улууска «Түмсүү уонна бииргэ үлэлээһин» сылларыгар туруоруллубут соруктары үрдүк тэрээһиннээхтик ыыталларыгар баҕарда, итиэннэ улуус култууратын сайдыытыгар кылааттарын киллэрсибит үлэһиттэргэ наҕараадалары, махтал суруктары туттарда. Ааспыт 2025 сыл түмүгүнэн… (читать далее)

«TYYNNAAX TANDA»

Быйыл үүммүт 2026 сылга Дьиэрэй эр дьон народнай коллективын иһинэн тэриллэн ВИА группа үлэтин саҕалаата. 90 с сылларга Танда төрүт култууратын киинигэр ВИА бөлөх күүскэ сайдан үлэ күөстүү оргуйара, ыһыллыы-тоҕуллуу бириэмэтигэр симэлийбитэ, ону быйыл иккис тыыннаан ким баҕалаахха куруһуок арылынна. Киэһээтин клубка эдэр ыччат мустан, тыас таһааран эрэллэр. Салайааччынан Дьиэрэй народнай коллектив концертмейстера Владислав Кривошапкин.

Улууспут Аҕа Баһылыгын отчуота

Бүгүн о.э. тохсунньу ый 22 күнүгэр күнүс 14 чаастан спортзалга (кулуупка) Улуус баһылыгын 2025 сыллааҕы үлэтин отчуоттуур мунньаҕа нэһилиэнньэ иннигэр ыытылынна. Кыттыыны ыллылар: 1.Аргунов Григорий Федорович- Уус-Алдан улууһун баҺылыгын солбуйааччыта, группа салайааччыта; 2.Гоголев Максим Петрович-В.В.Никифоров-Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» культура киинин директора; 3.Сивцев Артем Николаевич – тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начальнига; 4.Готовцев Дмитрий Романович — ГУП ЖКХ… (читать далее)

«Көлүөнэлэр көрсүһүүлэрэ»

Быйыл 2026 сылы көрсө, сылын ахсын үтүө үгэскэ кубулуйбут волейболга көлүөнэнэн күрэхпит тохсунньу 7-8 күннэригэр үрдүк таһымҥа буолан ааста. Быйыл Бээрийэ, 2 Байаҕантай уонна Байаҕантай нэһилиэктэрин хамаанадалара кытынныллар. Уопсай түмүккэ Бээрийэ бастаата, Байаҕантай ыччата иккис, Байаҕантай бэтэрээн волейболистара үһүс.

Баһылык харыйата

Бүгүн Байаҕантай нэһилиэгин кэнчээри ыччатыгар саҥа дьыллааҕы тэрээһин ыытылынна. Нэһилиэк баһылыга ааспыт 2025 сылга бастыҥ үөрэнээччилэргэ анаан бэлэхтэри туттарда, инникитин ситиһиилэри, дабайыылары баҕарда. Тымныы Моруос оҕонньор сиэн кыыһынаан кэлэн оҕолорго подароктарын туттарда, оҕолор дуоһуйа маассабай оонньууларга кытыннылар, сэмэй бэлэхтэри тутан үөрдүлэр-көттүлэр.