МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ТАНДИНСКИЙ ЦЕНТР НАРОДНОГО ТВОРЧЕСТВА ИМЕНИ ВЛАДИМИРА ДЕНИСОВИЧА ЛОНГИНОВА" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "БАЯГАНТАЙСКИЙ НАСЛЕГ"

Архив за Апрель 2023

Муус устар 27 күнүгэр И.П.Готовцев аатынан Тандатааҕы историко –архитектурнай музей тиэргэнигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммит күнүгэр уонна Г.В.Егоров-Хабырылла Дьөгүөрэп хорсун быһыыны оҥорбута 100 сылыгар аналлаах тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна.Тэрээһин Байаөантай нэһилиэгин Баһылыга С.И.Егоров эҕэрдэ тылыттан уонна Саха өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатынан саҕаланна. Тандатааҕы И.П.Готовцев аатынан историко-архитектурнай музей фондатын харайааччы М.П.Черноградская Гражданскай сэрии геройа, культармеец Г.В.Егоров-Хабырылла Дьөгүөрэп хорсун быһыытын туһунан сиһилии кэпсээтэ. Россия үлэҕэ Геройа М.Н.Готовцев аатынан Танда орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ (салайааччы М.П.Ноговицына) олус дириҥ өйдөбүллээх Хабырылла Дьөгүөрэп туһунан хоһоонунан дьүһүйүүнү аахтылар, ону тэҥэ «Дьиэрэй» народнай вокальнай коллектив «Хабырылла Дьөгүөрэп туһунан ырыаны» ыллаан тэрээһини киэргэттилэр. Музей иһигэр «Үйэлэр кирбиилэригэр» диэн Готовцевтар династия киэҥ хабааннаах быыстапката турда.Бу күн сылын аайы ыытыллар «Мин дойдум» тэрилтэлэр икки ардыларыгар ыытыллар ырыа күрэҥэ буолла. Түмүк маннык буолла:1 миэстэ- «Кэнчээри» оҕо уһуйаана, МПЧ-4, РЭС, АТС, АЗС холбоһуктаах хамаандалара;2 миэстэ- «Биир Сомоҕо» түмсүү;3 миэстэ- олохтоох врачебнай амбулатория, ДьУоКХ холбоһуктаах хамаандалара;3 миэстэ- Танда орто оскуолата.Эрдэ биллэриллибит «Мин Геройум» нэһилиэк оҕолорун икки ардыларыгар ыытыллыбыт уруһуй күрэҕэр кыра кылаастарга Айхал Аргунов, Вера Готовцева, орто сүһүөххэ Күндүүнэ Егорова, улахан кылаастарга Ньургуяна Оконешникова кыайыылаахтарынан буоллулар.Кэлбит ыалдьыттары «Биир Сомоҕо» түмсүү сылаас чэйинэн, минньигэс алаадьынан күндүлээтэ.

play youtube, play youtube, Brazzer, xhamster, xvideos, hentai, porn, tiktok download, MP3 download, Download Mp3, , Panthers Georgia, sex mex, mp3play,

Аттестация народного коллектива «Дьиэрэй»

Муус устар 6 күнүгэр СӨ культураҕа уонна духуобунай сайдыыга министерствота бигэргэппит балаһыанньатыгар олоҕуран өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтин специалистара:_Директоры солбуйааччы Н.И. ДмитриевУус-уран салайааччы А.К. ЗахаровНоруот айымньытыгар отдел специалистара А.Т. Аммосова, Ж.Н. Жиркова, клубнай үлэҕэ специалист И.А. Тойтонов састааптаах экспертнэй хамыыһыйа улууспут народнай коллективтара «народнай» ааттарын көмүскүүр үлэлэрин көрдүлэр.Балаһыанньа быһыытынан маннык көмүскээһиннэри коллективтар 4 сылга биирдэ бараллар.Биһиги… (читать далее)