МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ТАНДИНСКИЙ ЦЕНТР НАРОДНОГО ТВОРЧЕСТВА ИМЕНИ ВЛАДИМИРА ДЕНИСОВИЧА ЛОНГИНОВА" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "БАЯГАНТАЙСКИЙ НАСЛЕГ"

Архив за Сентябрь 2022

Байаҕантай нэһилиэгэр Саха өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнүгэр аналлаах 2022 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр М.Н.Сибиряков аатынан спортзаалга «Сахам сирин көмүс күһүнэ» тэрээһин ыытылынна.

• «Атыылас, атастас, бэлэхтэс» — түөлбэлэринэн атыы-дьаарбаҥкаҕаТанда орто оскуолата оҕуруот аһын арааһын хото тардан атыылаата. Дьон сэргэ араас таҥаһы сабы, бэйэ оҥоһуктарын аҕаллылар• Судаарыстыбаннас күнүгэр аналлаах, дириҥ ис хоһооноох быыстапкалары олохтоох музей,библиотека үлэһиттэрэ туруорбуттара дьон сэҥээриитин ылла • Саҥа талыллыбыт нэһилиэк депутаттарыгар туоһулуур дастабырыанньалары ситиһиилээх үлэни баҕаран туран быыбар хамыыһыйатын бэрэсэдээтэлэ Н.И.Саввина туттартаата. play youtube,… (читать далее)

Норуот күүһэ-көмүөл күүһэ

Үтүө күнүнэн Байаҕантай нэһилиэгин олохтоохторо! Бэҕэһээ, балаҕан ыйын 21 күнүгэр «Норуот күүһэ- көмүөл күүһэ»- диэн девизтаах Байаҕантай нэһилиэгин эр дьоно Танда Бороҕон суолугар субуотунньукка сылдьан бөөлүүн 24:00 ч дылы үлэлээтилэр. Манна кыттыыны ыллылар Байаҕантай нэһилиэгиттэн төрүттээх Бороҕоҥҥо олорор эр дьоммут уонна Байаҕантай нэһилиэгин эр дьоно. Бу күүстээх ыарахан үлэҕэ кыттыыны ылбыт бар дьоммутугар махталбытын биллэрэбит… (читать далее)