МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ТАНДИНСКИЙ ЦЕНТР НАРОДНОГО ТВОРЧЕСТВА ИМЕНИ ВЛАДИМИРА ДЕНИСОВИЧА ЛОНГИНОВА" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "БАЯГАНТАЙСКИЙ НАСЛЕГ"

«Эр киһи эрэлбит, уол оҕо кэскилбит»

Олунньу 23 күнүгэр Байаҕантай нэһилиэгин «Иэйии» дьахталларын түмсүүтэ, нэһилиэк күүстээх аҥардарыгар анаан сүүйтэриитэ суох сүүйүүлээх оонньуулаах эҕэрдэ киэһэни тэрийэн бэлэхтээтэ. Бу киэһэ оонньууттан киирбит харчыны дьахталлар түмсүүлэрэ уокка былдьаммыт «Кэнчээри» оҕо уһуйааммытыгар оҕолорго үҥкүү таҥаһын тигиигэ туһуланна. Биир дойдулаахпыт, меценатпыт Афанасий Иванович Заболоцкай сыаналаах бириистэринэн спонсордаабытыгар нэһилиэк дьахталларын түмсүүтүн аатыттан махталбытын тиэрдэбит.

Хас биирдии көрөөччү дьиэлэригэр илии тутуурдаах, өттүк харалаах, үөрэн-көтөн бардылар.