МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ТАНДИНСКИЙ ЦЕНТР НАРОДНОГО ТВОРЧЕСТВА ИМЕНИ ВЛАДИМИРА ДЕНИСОВИЧА ЛОНГИНОВА" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "БАЯГАНТАЙСКИЙ НАСЛЕГ"

«ЫРЫА ОЛОҔУМ АРГЫҺА»

Сэтинньи 14 күнүгэр Өнөр нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, ырыаһыт, баянист, сыана бэтэрээнэ Шелковникова Розалия Дмитриевна төрөөбүтэ 70 сылынан«ЫРЫА ОЛОҔУМ АРГЫҺА» диэн бииргэ төрөөбүттэр, аймахтыылар дуэтынан, трионан толорууларыгар ырыа күрэҕэ «Мындааба » сынньалан киинигэр ыытылынна. Байаҕантай нэһилиэгиттэн Дмитрий Готовцев, Владислав Кривошапкин, Любовь Васильева, Иван Готовцев кыттыыны ыллылар. Дьүүлүүр сүбэ түбүгүнэн Дмитрий Готовцев, Владислав Кривошапкин Лауреат 1 степени,… (читать далее)

«Ааспыт, ааспат айымньылара»

Сэтинньи 4 күнүгэр, Байаҕантай нэһилиэгин уус-уран самодеятельнаһын ылбаҕай ырыаһыттара, талааннаах дьоно сомолоҕоһуу күнүнэн, саҥа үлэ сезонун арыйар «Ааспыт ааспат айымньылара» кэнсиэри бэлэхтээтилэр. Бу киэһээ нэһилиэк баһылыгын солбуйааччыта Анатолий Васильевич Готовцев нэһилиэк олохтоохторун эҕэрдэлээтэ, Танда орто оскуолатыгар саҥа үлэлии кэлбит эдэр учууталлары эҕэрдэлээтэ. Кэнсиэр түмэр оһуохайынан түмүктэннэ.

«Уу-олох төрдө»

Бүгүн о.э. алтынньы 28 күнүгэр Байаҕантай нэһилиэгин тэрилтэлэрин эр дьонун түмсүүтэ нэһилиэкпит аҕам саастаах дьонугар уонна анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаах уолаттарбыт төрөппүттэригэр анаан муус ыллыбыт. Күүс-көмө буолбут уолаттарбытыгар махтанабыт.

Аҕам саастаахтар декадалара түмүктэннэ

Алтынньы 10 күнүгэр Байаҕантай нэһилиэгэр Сааһырбыттар юекадаларын түмүктүүр тэрээһин ыытылынна. Бу күн нэһилиэк дьаһалтатын баһылыгы солбуйааччы А.В.Готовцев эҕэрдэ тылынан саҕаланна. Салгыы норуот айымньытын киинин директора Находкин А.А, Танда орто оскуолатын профкомун председателя Поисеев С.С ветеран үлэһиттэрин эҕэрдэлээтилэр.Аҕам саастаах дьоммут олус үөрэн, сэргэхсийэн тарҕастылар. Ретро маллары Ноговицына М.П аҕалан кэпсээтэ. Урукку кэм таҥастарын кэтэн кэлэн ретро… (читать далее)

КЭХТИБЭТ ТАЛААННАР

Арассыыйаҕа Норуоттар сомоҕолоһууларын, Саха Сиригэр Култуура, Уус Алдан улууһугар Түмсүү уонна бииргэ үлэлээһин сылларыгар анаммыт “КЭХТИБЭТ  ТАЛААННАР” нэһилиэктэр бэтэрээннэрин Сэбиэттэрин икки ардыларыгар ыытыллар уус-уран самодеятельность бэстибээл бүгүн, алтынньы 8 күнүгэр, Майаҕас бөһүөлэгэр Байаҕантай, Бэрт-Ууһун, Хоро нэһилиэктэрин бэтэрээннэрин көрүүттэн саҕаланна Биһиги нэһилиэкпит көхтөөх бэтэрээннэрэ бу бэстибээлгэ кыттан үгүс ситиһиилээх кыттан кэллилэр👏👏👏Ол курдук Лауреат үрдүк аатын ыллылар… (читать далее)

«КҮН ДЬОНУН МИЧЭЭРЭ»

Бүгүн, ол эбэтэр алтынньы ый 4 күнүгэр «Күн дьонун мичээрэ» программанан «Доктор Клоун» бөлөх кэлэн Байаҕантай нэһилиэгин олохтоохторун, оҕолорун араас көрдөөх нүөмэрдэринэн сэргэхситтилэр, фокус көрдөрөн соһуттулар. В. Д. Лонгинов аатынан Тандатааҕы НАК

«Вода России»

Бүгүн балаҕан ыйын 2 күнүгэр Всероссийскай » Чистая вода России» акцияҕа кытынныбыт. Тапталлаах Танда үрэхпит өрүү ыраас буоларыгар баҕарабыт.

Аҕам саастаахтар декадалара салҕанар.

Бүгүн, ол эбэтэр алтынньы 2 күнүгэр Аҕам саастаахтар декадаларын чэрчитинэн Билир сиригэр XIX үйэтээҕи Заболоцкайдар балаҕаннарыгар экскурсияҕа сылдьан кэллибит. Махтанабыт илдьибит аҕалбыт суоппардарбытыгар Окоемов Прокопийга, Вензель Ильяҕа, Устинов Павел Ивановичка уонна баһылыкпытыгар Егоров Савва Ивановичка.

Аҕам саастаахтар декадалара

Бүгүн, ол эбэтэр алтынньы 1 күнүгэр Аҕам саастаахтар декадаларын бэт сэргэхтик арыйдыбыт. И. П. Готовцев аатынан Тандатааҕы история уонна архитектура түмэлигэр түмсэн быыстапка көрдүлэр, ол кэннэ күһүҥҥү айылҕаҕа тахсан хаартыскаҕа түһүү буолла. Аҕам саастаахтарбыт олус бэккэ тэринэн кэлэннэр араас уобараска хаартыскаҕа түһэннэр дуоһуйдулар, сыл ахсын маннык кэлиэххэ диэн баҕа санааларын эттилэр.Махтаныахпыт этэ илдьибит аҕалбыт суоппардарбытыгар… (читать далее)